КИЭРГЭЛ (4 том, 197 страница).
аат.
1. Кими, тугу эмэ киэргэтэр, тупсарар оҥоһук, мал, симэх. Θ Украшение, наряд, убранство. Таас киэргэл. Дьиэ киэргэлэ. Быйыл харыйа оонньуура элбээбит. Ордук -- кылабачыгас киэргэллэр дэлэйбиттэр. Н. Лугинов. Кини кыһыл, үрүҥ көмүстэн кутан, уулларан араас киэргэллэри оҥороро. ИЕВ СУу. Убайым миэхэ остуол, ыскаап киэргэллэрин оҥорор этэ. ОАП ОДьТС.
// Туох эмэ (хол. , олох, сир-дойду, айылҕа о. д. а. ) көрүҥүн, киэбин тупсарар ким, туох эмэ. Θ Украшение, краса, гордость (жизни, природы и т. п. ). [Василий Петров:] Сир олоҕун киэргэлэ, аан дойду алгыһа дьахтар баар. П. Ойуунускай. Киһи диэн бу аан дойду киэргэлэ буолуох тустаах. Суорун Омоллоон. Саас буолан, от-мас көҕөрөн, ийэ сир кэрэ солко киэргэлин кэтэн -- турар кэмэ этэ. Эрилик Эристиин.
2. көсп. Ким, туох эмэ киэн туттуута. Θ Предмет гордости. Көмүлүөк оһох, дьиэ бастыҥ киэргэлэ мин буолабын ээ диэбиттии -- нэлэйэн турар. Р. Кулаковскай. Таас дьиэлээх аҕыс кылаастаах оскуола - сырдык бөһүөлэк киэргэлэ. Н. Габышев. [Киирик:] Эн биһикки Тамарабыт, оҕобут бүтүн нэһилиэк, холкуос киэргэлэ буолар. С. Ефремов.