Таба суруйуу – литература, сурук-бичик тылын нуорматын сүрүн, тутаах салаата. Төрөөбүт тылга саҥа сыһыаны, саҥа тосхолу учуоттуур арпагыраапыйаны ылыныы – бу тыл ис сокуоннарыгар, үгэс буолбут нуормаларыгар олоҕуран, сурук-бичик култууратын саҥа кэрдиискэ таһаарыыга төһүү буолар.
Билиҥҥи сахалыы таба суруйуу уонна сурук бэлиэтин быраабылаларын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата 2015 с. ахсынньы 22 күнүгэр 501 №-дээх уурааҕынан бигэргэппитэ.
Сахалыы таба суруйуу сүрүн тосхоллоро:
- Саха тылын төрүт сокуоннарыттан тахсар, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларыгар олоҕуруу;
- Таба суруйуу баһылыыр-көһүлүүр, сурук нуорматын салайар сүрүн бириинсиби – тыл туспа дорҕоонунан саҥарыллыытын тутуһар фонетика бириинсибин утумнаахтык тутуһуу;
- Саха тылын олохсуйбут тутулун, айылҕатын, сокуоннарын тутуһууну сэргэ суруйуу тыл ис кыаҕын сайыннарыыга, сөргүтүүгэ көмөлөһөр хайысхатын ылыы;
- Литература тылын, сурук-бичик олоҕурбут үөрүйэхтэрин, үгэстэрин тутуһуу.
Сахалыы таба суруйуу быраабылалара уонна онно олоҕуран оҥоһуллубут «Сахалыы таба суруйуу тылдьыта” (Дьокуускай: Бичик, 2015, 480 с.) сурук тылыгар куруук туттуллар, онон литература тылын сүрүн үөһүгэр сылдьар тыллар таба суруллууларын бэрээдэктиир, биирдик суруйтарар, сурук тылын култууратын төрүтүн бөҕөргөтөр соруктаах.
Толору Сахалыы таба суруйуу тылдьытын бу сигэнэн хачайдыахха сөп.
Powered By EmbedPress
Powered By EmbedPress