Тыл – норуот баайа. Төрөөбүт тыла суох туох да сайдыбат, үүммэт, кэҥээбэт. Ол иһин аан дойду араас омуктара билиҥҥи кэмҥэ тылларыгар болҕомто ууран үгүс үбү-харчыны харыыта суох куталлар, араас суолу-ииһи тобулаллар.
Бу эспэдииссийэ биир сүрүн уратыта – дьон саҥатын диктофоҥҥа устуу. Сирэй көрсөн эбэтэр хас да киһи кэпсэтиитин. Онон үлэ бу хайысхатыгар хабыллыбыт дьон саҥата (речь) үйэтийдэ диэн чопчу этиэххэ сөп.
Сиһилии сигэнэн киирэн билсиэххитин сөп.