Меню Закрыть

2023 с.,ахсынньы 11 күнүгэр литературовед, саха поэзиятын испиэссийэлииһэ, филологическай наука кандидата, ССРС НА СС Саха сиринээ5и салаатын билимҥэ сотруднига, Саха сирин култууратын үтүөлээх улэһитэ, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бэтэрээнэ Николай Захарович Копырин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммы

Ссылка на СМИ: kyymgazeta@gmail.com

2023 с.,ахсынньы 11 күнүгэр литературовед, саха поэзиятын испиэссийэлииһэ, филологическай наука кандидата, ССРС НА СС Саха сиринээҕи салаатын билимҥэ сотруднига, Саха сирин култууратын үтүөлээх улэһитэ, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бэтэрээнэ Николай Захарович Копырин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт төгүрүк остуол ГЧуоХААОПИ балаҕаныгар буолан ааста. 

Бу төгүрүк сыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Үөрэтээччи-иитээччи уонна уһуйааччы сылыгар, итиэннэ өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэриллибит Үлэ сылыгар тоҕооспута – ураты бэлиэ.

Онно анаан Н.З. Копырин кинигэлэрин, хаартыскаларын, наҕараадаларын түмэн көрдөрүү тэриллибитэ дьон болҕомтотун ылыан ылла. Саҕаланыытыгар институт салалтатыттан тэрээһин кыттыылаахтарын дириэктэр би­лимҥэ солбуйааччыта, устуоруйа билимин хандьыдаата С.А. Григорьев эҕэрдэлээтэ.

Ол кэннэ тылы Өнөр нэһи­лиэгин баһылыга Н.Н. Лукачевскай уонна «Өнөр» түмсүү Дьокуускайдааҕы салаатыттан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ аҕа үөрэтээччитэ Р.П. Макарова ыланнар, Н.З. Копырин аатын үйэтитиигэ туох үлэ барарын уонна барыахтааҕын би­ли­һиннэрдилэр, онуоха институкка уонна туһааннаах үлэҕэ көмө-тирэх буолбут тэ­рил­тэлэргэ, дьоҥҥо өйдөбүн­ньүк бэлэхтэри, махтал суруктары туттардылар.

Салгыы, дакылаатчыттар Н.З. Копырин чинчийэр үлэтин сиһилии ырытан кини билимҥэ уонна дьон өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар киллэрбит дьоһун кылаатын туһунан билиһиннэрдилэр.

Төгүрүк остуолу филология билимин хандьыдаата, институт фольклористикаҕа уонна уран суругу чинчийиигэ салаатын билимҥэ сүрүннүүр үлэһитэ Л.Н. Романова иилээн ыытта уонна «Н.З. Копырин билимҥэ киллэрбит кылаата» диэн бастакы дакылааты оҥордо.

Ол кэннэ дакылааттаатылар: В.Б. Игнатьева, устуоруйа билимин хандьыдаата, институт интеллектуальнай ус­туо­руйаҕа уонна култуураҕа киинин билимҥэ сүрүннүүр үлэ­һитэ – «Научная деятельность В.В. Никифорова в исследовании Н.З. Копырина»; Л.П. Григорьева, филология билимин хандьыдаата, ХИФУ АФ ХИНТуоКИ саха уран суругар кафедратын дассыана – «Копырин Н.З. Н.Н. Павлов-Тыаһыт кириитикэҕэ үлэлэрин ырытыыта»; М.П. Попова, филология билимин хандьыдаата, ХИФУ АФ ХИНТуоКИ саха уран суругар кафедратын дассыана – «Саха поэзиятыгар фольклорнай формалар литературнай жанр быһыытынан туттуллуулара. Н.З. Копырин бэлиэтээһиннэрэ»; В.Е. Степанова, филология билимин хандьыдаата, ХИФУ АФ ХИНТуоКИ А.Е. Кулаковскай институтун билимҥэ үлэһитэ – «Литературовед Н.З. Копырин поэт С.С. Васильев-Борогонскай айар үлэ­тин чинчийээччи»; С.Д. Мухоплёва, филология билимин хандьыдаата, институт фольк­ло­ристикаҕа уонна уран суругу чинчийиигэ салаатын билимҥэ аҕа үлэһитэ – «Аҕа дойду сэриитин туһунан саха төрүт ырыата-тойуга: боппуруоһу туруоруу».


Төгүрүк остуол түмүгүнэн кэпсэтии, санаа үллэстиитэ, ахтыы тэрилиннэ.

Өр сылларга бииргэ үлэ­лээбит дьоно – филология билимин дуоктара А.Н. Мыреева, устуоруйа билимин хандьыдаата П.П. Петров, филология билимин хандьыдаата Л.М. Готовцева – бэйэлэрин сырдык өйдөбүллэрин үллэһиннилэр.

Ону сэргэ, Н.З. Копырин аймах дьоно кыттаннар, оҕоло­руттан кыыһа Е.Н. Копырина тыл эттэ.

Төгүрүк остуол чэрчитинэн «Аныгы хараҕынан» күрэх түмүк тэрээһинэ буолла.

Санаттахха, быһайын «Кү­рүлгэн» сурунаал, «Кыым» хаһыат, «Кыым.ру» саайт эрэ­дээксийэлэрэ, ону сэргэ Ха­ҥаластааҕы уонна Уус-Алдан­нааҕы кииннэммит бибилэтиэкэлэр тиһиктэрин салалталара Николай Павлов-Тыаһыт 1969 с. «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэммит уонна сонно тута оччотооҕу «Кыым» хаһыакка күүстээх санаа үллэстиитин таһаарбыт «Луохтуур алҕаһа» кэпсээнин ырытыы-анаарыы күрэҕин биллэрбиттэрэ.

Кэпсээн уонна эрдэтээҥҥи ырытыылар «Күрүлгэн» 4-с нүөмэригэр бэчээттэммиттэрэ.

Күрэх Николай Павлов-Тыа­һыт эһиил туолар төрөөбүтэ 120 уонна кини айар үлэтин дириҥник үөрэппит чинчийээччи Н.З. Копырин быйыл бэлиэтэнэр төрөөбүтэ 100 сылларыгар ананан ыытылынна.

Күрэххэ барыта 19 үлэ киирдэ. Үлэлэр Амматтан, Бү­лүүт­тэн, Горнайтан, Кэбээйиттэн, Намтан, Уус-Алдантан, Үөһээ Бүлүүттэн, Хаҥаластан уонна Дьокуускайтан киирбиттэр. 

Күрэх түмүгэ

Бурхалей Степанович Макаров, Үөһээ Бүлүү – «Кылаан кыайыылаах» бириэмийэ

Альбина Николаевна Громова, Уус-Алдан улууһун Өнөр орто оскуолатын учуутала – Н.З. Копырин аатынан бириэмийэ

Милена Гаврильева, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ АФ ХИНТуоКИ устудьуона – «Кэскил» бириэмийэ

Наталия Васильевна Бурцева, Уус-Алдан улууһун В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларыгар саха тылын, уран суругун учуутала, филология билимин хандьыдаата  

Михаил Егорович Слепцов, Хаҥалас, Покровскай к. – Н.Н. Павлов-Тыаһыт аатынан бириэмийэ

Сардана Николаевна Васильева, Ороһу орто оскуолатын учуутала (Үөһээ Бүлүү) – Г.Р. Кардашевскай аатынан бириэмийэ

Июлия Егорова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКИ устудьуона – Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу орто оскуолатын Г.Р. Кардашевскай аатын сүгэр 8-с кылааһын бириэмийэтэ

 

 

(Матырыйаал «Кыым» хаҺыат 14.12.23. тахсыбыт нүөмэриттэн туһанылынна)

Авторизация
*
*
Генерация пароля