АЛРОСА хампаанньа Саха сирин Арктикатааҕы улуустарын, ол иһигэр хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар төбүрүөннээн олорор төрүт сирдэрин өйүүр, көмөлөһөр буолбута балай да өр буолла.
Ол курдук, хампаанньа хоту, Арктика оройуоннарыгар тутуллар социальнай эбийиэктэри, успуорка, экологияҕа, төрөөбүт тылга, национальнай култуураҕа уонна фольклорга сыһыаннаах араас киэҥ хабааннаах тэрээһиннэри тиһиктээхтик үбүлүүр, өйүүр, сорох өттүн бэйэтэ көҕүлээн ыытар. Онтон биирдэстэрэ – Хоту сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын ытык сирдэрин чопчулаан, анал харыстанар сирдэр кэрискэлэрин (перечень) оҥорторуу.
Саха сирин хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарын ытык сирдэрин харыстаан илдьэ сылдьыы, үйэтитии – https://kyym.ru/sonunnar/ajyl-a/11763-sakha-sirin-khotugu-a-yjakh-akhsaannaakh-omuktaryn-ytyk-sirderin-kharystaan-ilde-syldyy-jetitii