Институт саха тылын отделын научнай үлэһитэ, филологическай наука хандьыдаата Надежда Матвеевна Васильева, старшай научнай үлэһитэ, филологическай наука хандьыдаата Нина Иннокентьевна Иванова көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ саха тылын нуорматын тутуһуу, тыл култууратын боппуруостарыгар чинчийии, мониторинг ыыталлар. Ол түмүгүн сыллата сэминээрдэргэ, төгүрүк остуолларга, кэмпириэнсийэлэргэ, хаһыакка билиһиннэрэллэр, ыстатыйа бэчээттэтэллэр. Ол курдук, «Кыым” хаһыат б.дь. кулун тутар 18 күнүнээҕи нүөмэригэр суруналыыстар тылы-өһү төһө таба тутталларый, туох алҕас баарый диэн боппуруоска санааларын үллэһиннилэр. Н.М. Васильева сахалыы бэчээккэ таба суруйуу нуорматын тутуһууга тахсар алҕастары ыйда, киирии тыллары суруйууга, ордук сыһыарыылаах тылы таба туттууга, сыыһа тахсарын бэлиэтээтэ. Н.И. Иванова саха тэлэбиидэнньэтин тылыгар-өһүгэр саха тылын нуорматын кэһии ааҕыйаабыт курдук эрээри, ыалдьыттар тыллара-өстөрө толоос, алҕастара истэргэ хобдох диэн ыйда. Онон, хаһыакка-сурунаалга таба суруйуу нуормата тутуһуллуохтаах, тэлэбиидэнньэҕэ сахалыы саҥа хаачыстыбата тупсуохтаах диэн баҕа санаа этилиннэ.