Меню Закрыть

Ньурбаҕа филологическай билим дуоктара, ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын бочуоттаах бэтэрээнэ Николай Васильевич Емельянов төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи научно-практическай кэмпириэнсийэ ыытылынна

pdf, doc, docx документы:

        2021 сыл муус устар 23-24 күннэригэр Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар институттарын фольклориһа, олоҥхону чинчийээччи, филологическай билим дуоктара, ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын бочуоттаах бэтэрээнэ Николай Васильевич Емельянов төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах «Ньурба улууһун олоҥхото уонна олоҥхоһуттара: уруккута, билиҥҥитэ уонна кэлэр кэскилэ» диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи научно-практическай кэмпириэнсийэ  буолан ааста.

        Кэмпириэнсийэни «Дьаархан нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыга П.М. Александров көҕүлээһининэн Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института (ГЧуоХААПИ), Арктикатааҕы судаарыстыбаннай  култуура уонна искусство института (АСКуоИИ), “Ньурба улууһа” муниципальнай оройуон кыттыһан тэрийдилэр.

     Икки күннээх улахан тэрээһиҥҥэ  ГЧуоААХНПИ фольклорга уонна литератураҕа салаатын научнай сотрудниктара, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет уонна АСКуоИИ профессордара, преподавателлара, Ньурба улууһун култууратын үлэһиттэрэ, учууталлара, уһуйаан иитээччилэрэ, үөрэнэээччилэрэ кытыннылар, санаа атастастылар, бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр. Кэмпириэнсийэ үлэтин Ньурба улууһун култуураҕа департаменын начальнигын солбуйааччы, искусствоведение билимин кандидата Л.Р. Степанова куйаар ситимин нөҥүө салайан ыытта.

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта А.Я. Яковлев,  улуус депуттаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ С.И. Евсеев, Дьаархан нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга П.М. Александров, улуус култуураҕа департаменын начальнигын солбуйааччы Л.Р. Степанова, Ньурба улууһун “Олоҥхо ассоциацията” тэрилтэ салайааччыта М.П. Захарова эҕэрдэлэринэн кэмпириэнсийэ аһылынна. Мустубут дьоҥҥо туһаайан салҕыы тыл эттилэр “Олоҥхо ассоциациятын” президенэ Ф.В. Шишигина, АСКуоИИ ректора С.С. Игнатьева, ГЧуоААХНПИ фольклорга уонна литератураҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Н.В. Покатилова

            Бастакы күҥҥэ кэмпириэнсийэ икки сиэксийэнэн үлэлээтэ. Бастакы сиэксийэҕэ Н.В.Емельянов олоҕо, айар үлэтэ киэҥник сырдатылынна. Ону таһынан билиҥҥи кэмҥэ фольклору хомуйуу, үөрэтии, тилиннэрии боппуруостара көтөҕүлүннүлэр. Иккис  сиэксийэҕэ түөлбэ олоҥхотун хомуйууга, чинчийиигэ, ыччакка тиэрдиигэ, олоҥхону толоруу билиҥҥи туругар элбэх санаа этилиннэ. Ньурба улууһун оскуолаларын оҕолоро олоҥхону ырытыыга дакылааттарын истии буолла.

            Иккис күҥҥэ Ньурба улууһун олоҥхотун толоруу билиҥҥи кэминээҕи уратыларын  ырытыһыы буолла. Манна уһуйааччылар, учууталлар кытыннылар. Элбэх туһалаах кэпсэтии таҕыста, этиилэр киирдилэр.

  1. Научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ ааҕыллыбыт сүрүн дакылааттарга, иһитиннэриилэргэ киирбит санаалары, этиилэри түмэн баран, кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара маннык түмүгү оҥордулар:
  • Саха биллиилээх фольклориһа, олоҥхону чинчийээччи, филологическай билим дуоктара, ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын бочуоттаах бэтэрээнэ, Дьаархан нэһилиэгэр төрөөбүт Николай Васильевич Емельянов аатын үйэтитэр сыалтан кини аатын Дьаархан нэһилиэгин орто оскуолатыгар иҥэрии тоҕоостоох.
  • Улууска олоҥхону үөрэтиигэ, тарҕатыыга уонна тилиннэриигэ “Олоҥхо ассоциацията” общественнай тэрилтэ, олоҥхону таптааччылар уонна биирдиилээн нэһилиэктэр оскуолалара (Антоновкаҕа, Маалыкайга, Күндээдэҕэ, Сүлэҕэ, Хатыыга) бэйэлэрин кыахтарын иһинэн үлэни тиһигин быспакка ыыталлар. Ол эрээри олоҥхоҕо матырыйааллар аҕыйахтара, улууска олоҥхону тилиннэрии үлэтэ биир тиһиликкэ киирэ илигэ Олоҥхону үөрэтии, тарҕатыы уонна тилиннэрии  үлэтин хааччахтыыллар.
  1. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтугар (дириэктэр Попова Н.И.), Арктикатааҕы судаарыстыбаннай  култуура уонна искусство институтугар (ректор Игнатьева С.С.),  «Ньурба улууһа» МО дьаһалтатыгар (баһылык Иннокентьев А.А.), Ньурба улууһун “Олоҥхо Ассоциацията” общественнай тэрилтэтигэр (салайааччы Захарова М.П.)   көрдөһүү ыытарга уураахтаатылар:
  • Николай Васильевич Емельянов аатын үйэтитэр сыалтан кини аатын Дьаархан нэһилиэгин орто оскуолатыгар иҥэрии боппуруоһун көтөҕөллөрүгэр;
  • “Ньурба улууһугар олоҥхону хомуйуу, чинчийии, тарҕатыы уонна тилиннэрии” диэн тус сыаллаах программаны ылынан,  бииргэ үлэлээһин үс өрүттээх Дуогабарын түһэрсии  боппуруоһун үөрэтэн баран, сүбэни холбоон, кыттыһан үлэни тэрийэллэригэр. 

Информацияны С.Д. Мухоплева бэлэмнээтэ

Авторизация
*
*
Генерация пароля