Бу дьыл от ыйын 20 күнүгэр бииргэ үлэлээбит кэллиэгэбит, доҕорбут ВАСИЛИЙ ВАСИЛЬЕВИЧ УШНИЦКАЙ соһумардык олохтон туораата.
Василий Васильевич 1964 сыл кулун тутар 8 күнүгэр Уус Алдан Дүпсүнүгэр төрөөбүтэ. 1990 с. Саха университетын устуоруйа салаатын бүтэрэн Уус Алдан, Хаҥалас улуустарыгар түөрт сыл учууталлаабыта, 1995 с. Гуманитарнай чинчийии институтугар аспирантураҕа киирбитэ. 2004 с. «Саха омугун үөскээһинэ (былыргы номохторго олоҕуран») диэн устуоруйа билимин кандидатыгар диссертацияны ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Онтон сыыйа үрдээн Гуманитарнай чинчийии институтун этнография салаатыгар аҕа билим үлэһитэ буола үүммүтэ.
Устуорук быһыытынан кини сахалар төрүттэрин дьаныһан үөрэппитэ, үгүс сыллар устата хоролор, туматтар, сортуоллар, хаҥылылар, урааҥхайдар тустарынан үгүс ыстатыйаллары бэчээттээн таһаарбыта. Ону тэҥэ, тоҥус-мондьуур, моҕуол-бүрээт, дьүкээгир, чукча омуктарынан үлүһүйэрэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ Киин Азия, Кавказ этнографияларын үөрэтиигэ ылсан элбэх үлэлэри таһаарбыта. Ол түмүгэр Арассыыйа уонна тас дойдулар (Турция, Монголия, Казахстан, Кыргызстан) билимнэрин эйгэлэригэр биһирэбили ылан бэйэтин биллэр-көстөр суолун-ииһин хаалларда.
В.В. Ушницкай суруйбут үлэлэрэ коллективнай монографияларга, тус бэйэтин кинигэлэригэр, хомуурунньуктарга түмүллэн саха этнографиятын хаҥаттылар. Олор истэригэр сүрүн үлэлэринэн буолаллар: «Народ саха от века к веку: очерки истории», «Этногенез и культурогенез в Байкальском регионе (средневековье)», «Якуты (Саха)», «Население Байкальского региона в эпоху средневековья (к проблеме этногенеза народа саха», «Проблема происхождения и этническая история тюрко-монгольских народов», «Средневековые народы Центральной Азии (вопросы этнической истории и происхождения)», «Историография этногенеза саха: обзор научных гипотез и популярных версий (ХVII–ХХI вв.)» // Северо-Восточный вестник. №.1. 2017), «История Якутии. Т. I», «Ландшафт и культура народов Якутии: сакрализация, символические стратегии, геокультурные образы» (бэчээккэ бэлэмнэнэр).
Учуонай олоҕун устата суруйбут, бэчээккэ таһаарбыт научнай уонна научнай-популярнай ыстатыйаларын түмнэххэ, 300-тэн тахса буолара буолуо. Ол курдук, кини ааҕааччы киэҥ араҥатыгар биллэр «Илин» сурунаалга, «Орто дойду», «Кыым», «Киин куорат» хаһыаттарга куруук бэчээттэнэрэ. Бичиккэ биллэринэн, «Мэргэн» диэн псевдонимнааҕа, ол эрээри былыргыны хасыһар тиэмэтиттэн уонна ырытар тыла-өһө ураты буоларыттан ким суруйбутун аахпыт киһи эндэппэккэ билэрэ. Киниттэн атын итинник уустук тиэмэлэргэ ким да ылсан сахалыы тылынан суруйбат этэ.
Чинчийээччи быһыытынан В.В. Ушницкай дэгиттэр талааннааҕа, үлэҕэ дьулуурдааҕа, онон өттөйбөт сэмэй майгылааҕа дьонугар-сэргэтигэр сырдык өйдөбүнньүк буолан хааллаҕа. Кини сорох эрэ научнай үлэлэриттэн сүрүн түмүктэрин, сэрэйэн көрүүлэрин (гипотезаларын) ылан көрдөххө, аныгы устуоруйа, этнография таһымнарын үрдэтиигэ оруоллааҕа мэлдьэҕэ суох – ону улахан ааттаах-суоллаах профессордар даҕаны (учуутала А.И. Гоголев, урукку директора А.Н. Алексеев о.д.а.) билинэллэр. Бүтэһик биһиги ортобутугар сырыытынан Үөһээ Бүлүүгэ бу саас буолан ааспыт тэнгрианствоҕа (саха итэҕэлигэр) уонна уустар идэлэлигэр анаммыт научнай-практическай кэнпириэнсийэ буолар. Онно кыттыбыт дьоннор бары кинини иһирэхтик саныыллар.
Ханнык баҕар устуоруйа арыйылла илик тиэмэтигэр кини бэйэтэ туспа көрүүлэрдээх буолара. Ол курдук, Байхал, Ангара, Енисей быысаһыыларыгар булуллубут «курумчинскай култуура» устуоруйатын ырытан баран, ааптар бэйэтин көрүүтүн эппитэ: бу урукку Курумчи уеһыгар (Иркутскай уобалас, Качуг сэлиэнньэтэ) олорон ааспыт олохтоохтор Кытай докумуоннарыгар «Бома норуота» диэн ыйылла сылдьар буолуохтаахтар. Бу судаарыстыба 30 тыһ. киһилээх сэриини туруоруон сөбө. Сахаларга майгыннаһаллара диэн, тыйыс Сибииргэ олороллор. Балар – «Ала аттаахтар» (кытайдыы тылбааһа «Бома»). Ол эрээри бу ала-чуоҕур аттарын мииммэккэ көлүйэллэр эрэ эбит. Ала аты, чуоҕур сылгыны ытыгылааһын сахаларга хойукка дылы баар этэ. Бу «алааттар» сири хорутан бурдук ыһаллар, бултууллар-балыктыыллар эбит. Ити төрүт идэлэрин кэлин Саха сиригэр илдьэ кэлбиттэр. Олор олох ыраах өбүгэлэрэ хууннар буолуохтарын сөп.
В.В. Ушницкай Байхал тула олорон ааспыт түүрүк-моҕуол көс биистэрэ бары кэриэтэ үс саха үөскүүрүгэр кыттыыны ылбыттар диэн сабаҕалааһыны оҥорор. Ол хаан булкуһуутугар кыттыбыт былыргы омуктар истэригэр кини маннык биистэри ааттаталыыр: Хоро, Тумат, Урааҥхай, Ойрат, Меркит, Байаат, Татаар, Моҕуол (Бөртө-Чоно), уо.д. а. Саха омугун састаабыгар Байхал тула олорбут бары «тыаһыт» омуктар киирэн саҥа этноһы үөскэппиттэр диэн кини гипотезатын билиҥҥи чинчийээччилэр ылыналлар.
Уруулуу түүрүк-моҕуол омуктар үөскээбит төрүччүлэрин ырытарыгар учуонай кэккэ сэргэх сэрэйиилэри оҥортуур. Кини көрүүтүнэн, башкирдар өбүгэлэрэ – мадьярдар, чуваштар – булгардар, гуннар, хоролор – курыканнар, эхирит-булагаттар – бома-алааттар. Итинэн сахалары кытта Элиэнэ бүрээттэрэ биир төрүттээх буолан тахсаллар. Түмүккэ ааптар сорох саха өбүгэлэрэ Ис Монголия (Ордос) сириттэн тахсыбыт татаардартан хаан тардар буолуохтарын сөп диэн хорсун сабаҕалааһыны оҥорор. Кини этэринэн, ХI-с үйэҕэ үөскээбит Татаар Илэ түүрүк тыллаах найман, керей көс биистэриттэн турара. Балар ахсааннара моҕуол тыллаахтары сабырыйара. Ол иһин да татаардар кыпчак тыллаах казахтар, ногайдар, узбектар биистэрин кытта холбоһон, симэлийэн хаалбыттар. Оннук этии оруннаах диэххэ сөп. Ити «Чыҥыс хаан ким этэй?» – диэн ыйытыкка хоруйдуурга туох эрэ сыһыаннаах.
Аны биир дьиктитэ баар: моҕуол өбүгэлэрэ Шивэйдэр отой да хотуттан тахсыбыттар эбит. Ол Сибиир (Шивэй) сирэ Бурятияны эрэ буолбакка, Саха сирин соҕуруу хочолорун кытта хабар үһү. Онон Кытайтан Дунайга тиийэ тарҕаммыт көс биистэр саха омуга үөскүүрүгэр төһүү күүс буолбуттарын тоһоҕолоон бэлиэтиир. Саха сирин аар тайҕата, тыата саха саҥнаахха халыҥ дурда, киэҥ кэскил буолан турдаҕа. Сахалар эргэнэ тыаҕа, ытык хайаларга сүгүрүйэн үгэстээхтэрэ дириҥ силистээх. Онон ийэ айылҕабытын харыстыыр Ытык иэстээхпитин умнуо суохтаахпыт.
Бэйэтин көрүүтүн туруулаһан, устуорук Хаҥалас төрдүн эмиэ ырыппыт. Кини чинчийээччилэр Хаҥылылары иран тыллаах Кангюйтан (Сыр-Дарья) таһааралларын утаран, уйгуур тыллаах, «үрдүк тэлиэгэлээх» Гаогюйдарга тиэрпитэ. Олор өбүгэлэрэ хууннар этилэр. Ити этиини бигэргэтэр биир чахчы баар: «Каҥылыга» маарынныыр «хаҥха» (ыҥыыр биир суола) диэн тыл баар. Дьэ итинник уустук устуоруйа ииспэрэй ыйытыктарын ырыталаан ааптар бэртээхэй научнай кинигэлэри суруйан хаалларда.
Маны таһынан, В.В. Ушницкай бэйэтин үбүнэн Россия араас сирдэринэн, атын да дойдуларынан сылдьан дьону кытта алтыһан, кэпсэтэн, бэйэтин үлэтигэр сыһыаннаах матырыйааллары хомуйарын, айанныырын олус сөбүлүүрэ. Ордук Киин Азия хайалара, истиэптэрэ тардаллара. Кини экспедицияҕа Тыва, Алтай, Хакасия, Бурятия, Киргизия, Монголия, Кытай, Казахстан сирдэригэр сылдьан этнографическай матырыйааллары хомуйара. Уһун айаннарыгар тас дойдулар олохторун-даһахтарын билсэрэ, сахаларга аймахтыы омуктар билиҥҥи майгыннаһар өрүттэрин илэ көрөн үөрэтиинэн дьарыктаммыта.
Ол полевой матырыйаалларын таһынан, уһун сылларга араас куораттар архыыптарыгар үлэлээн, эрдэтээҥҥи чинчийээччилэр сибидиэнньэлэрин туһанан, кинилэр ааттарын чиҥэтик үйэтиппитэ. Олор истэригэр В.М. Ионов, И.П. Сойкконен, В.Е. Горинович, Н.А. Виташевскай, С.В. Ястремскай о.д.а бааллар. Бу барыта устуоруйа билимин хаҥатыыгар төһүү буолбута, улахан суолу-ииһи хаалларбыта саарбахтаммат.
Өр сылларга бииргэ үөрэммит, үлэлээбит, алтыһан доҕордоспут дьоно билинэллэринэн, Василий Васильевич институкка үктэниэҕиттэн олохтон барыар дылы актыыбынай позициялаах киһи быһыытынан биллэрэ. Эдэриттэн элбэх култуурунай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара, кини дьээбэлээх тыллара дьону күллэртиирэ, сороҕор соһутара, мунаахсытан да ылаталыыра. Ол кини тус бэйэтин хатыламмат майгытын чаҕылхай өрүтэ бииргэ үлэлээбит дьонугар, доҕотторугар умнуллубат түгэн буола сылдьыаҕа.
Бэлиэтээн эттэххэ, В.В. Ушницкайдыын уһуннук бииргэ алтыспыт дьонугар, доҕотторугар бу олохтон туораабытыгар күүс-көмө буолбуттарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Василий Васильевич, уһун уугар кытаанахтык утуй. Чугас дьонуҥ өйүгэр-санаатыгар үтүө тылынан ахтылла туруоҥ! Быралыйар бырастыы.
Бииргэ үөрэммит уонна үлэлээбит доҕотторо.