Сэтинньи 25 күнүгэр онлайн ситим нөҥүө Саха Республикатын суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, олоҥхоһут, тойуксут, суруйааччы Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах «Нам улууһун олоҥхото уонна олоҥхоһуттара: уруккута уонна билиҥҥитэ» диэн төгүрүк остуол тэриллэр.
Тэрээhин бырагырамматын сыhыарыыга көрүөххүтүн сөп.
Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ кулун тутар 28 күнүгэр 1901 с. Нам улууһун Көбөкөн нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕата эрдэ өлөн ийэтинээн Батаакап Бүөтүр (хараарбах Бүөтүр) диэн тастыҥ аймаҕа киһиэхэ дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөн иитиллибитэ. Онно олорон Мыычаар эмээхсинтэн “Улуу дойдуну тумнары баттаан үөскээбит моонньун анныгар бугул саҕа моҕохтоох Модун Баай Тойон” диэн олоҥхону истэн үөрэммит. Көбөкөн Харыйалааҕар олорор Дугдуһун уола Кынаачай-Дорообуска, Бороҕон улууһун Лөгөй нэһилиэгиттэн Дьөгүөр Дөлүүнньүк, Таатта киһитэ Ньукулай Маалгынап-Көтүөхэ уола курдук уус тыллаах олоҥхоһуттары истэ улааппыт.
1939 с. саха советскай суруйааччыларын бастакы съезтэригэр ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнинэн буолбута. 70 сааһын туолуутугар “Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ” диэн бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.
“Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхотун 1970 с. фольклорист П.Н. Дмитриев сурукка түһэрбитэ уонна 1981 с. кинигэ гынан таһаарбыта. Онтон 2019 с. олоөхо ыһыаҕа буоларынан сибээстээн, П.П. Ядрихинскай “Күүрэ Дьулусхан” диэн олоҥхотун кылгас сюжетын 1941 с. олоҥхоһут бэйэтэ сурукка түһэрбитэ Нам улууһун олоҥхолорун ис номохторун кинигэтигэр бэчээттэммитэ.
Репертуара: “Күннүк сиртэн күөх оттоон сиир көҕөччөр элэмэс аттаах күүстээх-уохтаах көрүлүүр-нарылыыр Көр Дохсун бухатыыр”, “Көй салгын аһылыктаах Көдьүҥэ маҥан аттаах күүстээх-уохтаах көрүлүүр-нарылыыр Көр Дохсун бухатыыр”, ” Күүрэ Дьулусхан бухатыыр”, “Күннүктээх сири көтөн-мөҕөн айанныыр көҕөччөр элэмэс аттаах Күн Дөһүөлдьүт бухатыыр”, “Туйаҕын саҕатыттан чочугур чуоҕур аттаахТойон Дьөллүүт бухатыыр”, “Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр” [Ядрихинскай П.П-БэдьээлэДьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр. 1981 г.].
Ырыалара: “Тараҕана сайылык”, “Украинецтары уруйдуубут”, “Советскай бухатыыр”, “Туругурдун Советскай оборона”, “Өстөөх өлөр мөхсүүтэ”, “901 саастаах ударник эмээхсин”, “Аан тыл”, “Сидьиҥнэри сиппийиэҕиҥ”, “Өрөгөй үрдээтэ”, “Ыччат кыргыттар ааттарыттан”, “Сталиҥҥа эҕэрдэ”, “Дьөһөгөй Айыы ырыата”, “Дьэдьиэн Иэйиэхсит ырыа”, “Чабырҕах”, “Техника дэлэйдэ”, “Үөрэ көөттүм”, “Верховнай Совет быыбара 1 сылын туолуутугар”, “Быыбар күнүгэр”, “Ленин 70 сааһын туолуутугар”, “Аартык” [Сборник «Олоххо айхал» – Як.кн.изд.1971., «Ходуһа уһуктуута» 1964].