2021 с. сэтинньи 25 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын института, “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии дьаһалтата, Нам улууһун култууратын уонна духуобунаһын салалтатын көҕүлээһиннэринэн Нам улууһун биллиилээх олоҥхоһута, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, талааннаах норуот ырыаһыта Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах Олоҥхо Декадатын иһинэн ыытыллыбыт «Нам улууһун олоҥхото уонна олоҥхоһуттара: уруккута уонна билиҥҥитэ» диэн онлайн-төгүрүк остуол буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ “Олоҥхо ассоциацията” общественнэй тэрилтэ, улуустааҕы дьаһалта, култуура салалтатын салайааччылара, специалистара, научнай-чинчийэр институт, бибилэтиэкэ, олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ, үрдүк үөрэх кыһатын преподавателлэрэ, чинчийээччилэр, уһуйаан иитээччилэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр, олоҥхоһут аймахтара көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Төгүрүк остуол икки хайысханан үлэлээтэ. “П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ олоҕо уонна айар үлэтэ” диэн ааттаах бастакы хайысхаҕа 9 дакылаатчыт кытынна. П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ ийэ олоҥхоһут быһыытынан уратытын, “Дьырыбына-Дьырылыатта” олоҥхо музыкальнай өрүтүн, тылын-өһүн, уобарастарын чинчийэр сыаллаах, тыйаатырга туруутун, уһуйааҥҥа туһанылларын, ону тэҥэ олоҥхоһут ырыатын-тойугун туһунан сырдатар соруктаах дакылааттары иһиттибит. “Нам улууһун олоҥхолорун уонна олоҥхоһуттарын үөрэтии, тарҕатыы, сайыннарыы боппуруостара” диэн ааттаах иккис хайысхаҕа 6 дакылаатчыт кытынна. Улуус олоҥхолорун уонна олоҥхоһуттарын үөрэтэр, тарҕатар, үйэтитэр, сайыннарар сыаллаах араас хабааннаах үлэ ыытылларын туһунан сырдатылынна.
Төгүрүк остуол бүтүүтүгэр резолюция бырайыагар киирбит этиилэри үгүс кыттааччы өйөөтө, эбии саҥа этиилэри киллэрдэ. П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатын үйэтитэр, Нам улууһун олоҥхотун уонна олоҥхоһуттарын салгыы үөрэтэр, чинчийэр, сайыннарар сыаллаах ыытыллар үлэ инники былааныгар үгүс сорук турда.
Сонуну биэрдэ Н.В. Павлова, фолькор уонна литература отделын научнай үлэhитэ