Меню Закрыть

“САХА ТЫЛА – КЭМ КЭРЭҺИТЭ” үйэтитии бырайыакка кыттыыга ыҥырабыт

pdf, doc, docx документы:

Россия наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института,

И.С. Жараев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинэ” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэтэ, 

“Айыы Кыһата” национальнай гимназия

  “САХА ТЫЛА – КЭМ КЭРЭҺИТЭ” үйэтитии бырайыакка кыттаргытыгар ыҥыраллар

 Сыала-соруга: 1992 с. саха тыла судаарыстыбаннай тыл быһыытынан билиниллибитэ. Ол түмүгэр саха тыла оҕо саадыгар, оскуолаҕа эрэ буолбакка, орто, үрдүк үөрэх кыһаларыгар, наука тэрилтэлэригэр, сахалыы бэчээккэ, телевидениеҕэ, үлэҕэ-хамнаска толору туттуллар, туһаныллар буолла. Ону таһынан, урукку тылдьыттарга эбии 15 туомнаах (80-ча тыһыынча тыл киирбит) “Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта” тахсан тылбыт үйэтитилиннэ. 

            Бу бырайыак сүрүн анала – сахабыт тыла инникитин да мөлтөөбөтүн, иинэн-бохтон барбатын туһугар Ытык кырдьаҕастарбыт, чулуу, туруу үлэһиттэрбит (ыанньыксыт, сылгыһыт, булчут уо.д.а.), уус тыллаахтарбыт (оһуокайдьыт, олоҥхоһут, сцена маастара уо.д.а.), билиҥҥи ыччат, оҕо, орто саастаах дьон күннээҕи саҥаларын-иҥэлэрин, тылларын-өстөрүн устан ылан  үйэтитии.

Кыттааччылар: ким баҕалаах барыта кыттыан сөп.

Ирдэбиллэр. Бырайыакка кыттан нэһилиэгин, дьонун-сэргэтин үйэтитиэн баҕалаахтар маннык ирдэбилгэ сөп түбэһэр видео, аудио устуулары (ол аата – докумуоннары) ыытаҕыт:

– видеокамераҕа (эбэтэр төлөпүөҥҥэ) уһуллубут буолуохтаах;

– устуу бириэмэтэ хааччаҕа суох;

– саҥата, көстөрө чуолкай, хамсаабат, дьиримнээбэт буолуохтаах;

– аналлаах атахха (штативка) туруоран устууга ордук болҕойуллар;

– устуу ньымата араас: анаан-минээн видеокамера иннигэр олордон сэһэргэһии; күннээҕи олоҕу хаама сылдьан устуу (үлэҕэ, сынньалаҥҥа, тыаҕа, ходуһаҕа, айаҥҥа, о.д.а.);

– устуу, кэпсэтии тиэмэтэ – көҥүл: булт-алт; сир астааһын; от-мас үлэтэ; сэрии кэмэ; аныгы кэми ырытыы; оҕо саас; иис-уус; төрүт ас; туттар сэп-сэбиргэл; үлэҕэ-хамнаска араас сатабыл, ньыма; ыраах айан; оҕону иитии; төрүт үгэстэр; итэҕэл; үөрэх; төрүт таҥас-сап; уус тыллаахтар; айар идэлээхтэр; ыччат түмсүүлэрэ; дьыл кэмин билгэтэ; түүл-бит; нэһилиэк номохторо; кыраайы үөрэтии, о.д.а.

Ыытар болдьоххут: видео, аудио устууларгытын 2022 сыл олунньу 13 күнүттэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри тутабыт.

Ыытар аадырыскыт: Дьокуускай к., Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института, Петровскай уул., 1. Научнай бибилэтиэкэҕэ эбэтэр электроннай аадырыска: kem_kerehite2022@mail.ru.

Бырайыак туһунан сиһилии сыһыарыы сурукка билсиэххитин сөп.

 

Авторизация
*
*
Генерация пароля