Меню Закрыть

Олоҥхо кинигэтэ Анаабыр улууһугар сүрэхтэннэ

Анаабыр улууһун Сааскылаах уонна Үрүҥ Хайа нэһилиэктэригэр 2022 сыл кулун тутар 28, 29 күннэригэр «Саха боотурдара» серия нөҥүө 21-с туомунан тахсыбыт «Хотугу сахалар олоҥхолоро» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Бу кинигэҕэ архыыпка харалла сыппыт Анаабыр, Аллайыаха, Өлөөн улууһун, ону тэҥэ дьэһиэй сахаларын олоҥхолоро киирбиттэрэ. Серия түмүктүүр таһаарыытын Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар проблемаларын институтун фольклор уонна литература салаатын научнай үлэһиттэрэ Светлана Дмитриевна Мухоплева уонна Надежда Васильевна Павлова бэчээккэ бэлэмнээбиттэрэ.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр тыл билимин хандьыдаата Надежда Васильевна Павлова уонна олоҥхоһут Валентин Гаврильевич Исаков көхтөөх кыттыыны ыллылар. Улуустааҕы радио быһа биэриитигэр ыалдьыттаатылар, Анаабыр олоҥхотун уратытын туһунан сэһэргээтилэр, санааларын үллэһиннилэр.

Анаабыр улууһун олохтоохторо биир дойдулаахтарын Иван Афанасьевич Антонов-Балиикаан «Икки ини-бии: көҕүлүнэн оонньуур Көҕүлүмэ бухатыыр уонна кини балтыта Сыҕаалтай Бөҕө» диэн олоҥхото наука үлэһиттэрин көмөтүнэн сурукка түһэн, үйэтитиллэн, чинчийиллэн, бэчээттэнэн, киэҥ эйгэҕэ тахсыбытыттан үөрүүлэрэ үгүс, махталлара муҥура суох.

Олоҥхоҕо анаммыт дьоро тэрээһин саҕаланыытыгар олоҥхо тула кэпсэтии, сэһэргэһии ыытыллан, иккис түһүмэҕэр анаабырдыы ырыа ылланан, хомоҕой хоһоон ааҕыллан, олоҥхо, нимкан толоруллан, Анаабыр олоҥхотун үйэтитиигэ бастакы олук уурулунна.

Саха фольклористара Анаабыр улууһун ыалдьытымсах, сайдам санаалаах олохтоохторугар, улуустааҕы дьаһалта, култуура салалтатын төһүү үлэһиттэригэр, ону тэҥэ кинигэ сүрэхтэниитин тэрийбит, «Анаабыр олоҥхотун үйэтитии» бырайыак ааптарыгар, улуустааҕы киин библиотека сэбиэдиссэйигэр Марфа Алексеевна Боярскаяҕа барҕа махталларын тиэрдэллэр!

Авторизация
*
*
Генерация пароля