Нам улууһугар «Буоратай аата үйэлэргэ ааттаннын» диэн олоҥхону толорооччулар күрэхтэһиилэрэ буолан ааста.
РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын института, Нам улууһун култууратын уонна духуобунаһын салалтата, ону тэҥэ П.П. Ядрихинскай – Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин көҕүлээһининэн СССР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, норуот ырыаһыта, Нам улууһун биллэр олоҥхоһута Егор Герасимович Охлопков-Буоратай төрөөбүтэ 125 сылынан «Буоратай аата үйэлэргэ ааттаннын» диэн 2022 сыл муус устар 11 күнүттэн ыам ыйын 27 күнүгэр диэри куйаар ситиминэн ыытыллыбыт олоҥхону толорооччулар күрэхтэһиилэрэ буолан ааста.
Тэрээһин сүрүн сыалынан-соруганан Нам улууһун олоҥхоһутун Е.Г. Охлопков-Буоратай аатын үйэтитэн киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, 2015 сыллаахха «Саха Боотурдара» сиэрийэ иһинэн 16-с туомунан Е.Г. Охлопков – Буоратай тылыттан С.И. Охлопков суруйуутунан тахсыбыт «Алантай Боотур» олоҥхону төрүт үгэһинэн толорууну тэрийии, олоҥхону истии эйгэтин кэҥэтии.
Күрэхтэһии ирдэбилинэн Е.Г. Охлопков-Буоратай «Алантай Боотур» олоҥхоттон быһа тардыыны сааһыттан тутулуга суох кыттааччы төһө баҕарар уһуннаах бириэмэҕэ биирдиилээн эбэтэр бөлөҕүнэн толоруу.
Анал аат кыайыылаахтарынан буоллулар:
- «ОЛОҤХО АЛЫПТААХ ЭЙГЭТИН ХОҺУЙААЧЧЫЛАРА» – «Эдэр тэтим» фольклорнай бөлөх (сал. Т.А. Мегина, С.А. Находкин, туруорааччы-реж. Р.А. Герасимов)
- «ОЛОҤХО ЫМЫЫЛААХ ЫРЫАҺЫТА» – Ньургустаана Лебедева – Маймаҕатааҕы култуура киинин уус-уран салайааччыта
- «ХОМОҔОЙ ТЫЛЛААХ ТОЛОРООЧЧУ» – Нелли Уваровская – Нам 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ (сал. Барашкова С. К.)
- «ОЛОҤХОЛООН ОҔОННЬОР СЫДЬААННАРА» – Партизан нэһилиэгин «Кустук» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ Захарова София, Парникова Аэлита, Зырянов Радомир, Сидорова Сайаана (сал. Мордосова С.И., Григорьева У.С.)
- «ОҺУОРДААХ ОЛОҤХО ТЫЛЫН ХОҺООННЬУТА» – Цыпандина Вера Прокопьевна – И.С. Охлопков аатынан култуура киинин фольклорга специалиһа.
Олоҥхону толорооччулар күрэстэрин бары кыттыылаахтарыгар, кыайыылаахтарыгар үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, саҥа чыпчааллары баҕарабыт. Айар үлэҕит алгыстаах аартыга арылла туруохтун.