Меню Закрыть

Волга ономастиката аан дойду учуонайдарын түмнэ

pdf, doc, docx документы:

Алтынньы 5-7 күннэригэр Элиста куоракка (Калмыкия) үгэс буолбут «Ономастика Поволжья» аан дойду таһымнаах кэмпириэнсийэ 20-с төгүлүн буолан ааста. Бу тэрээһин РОПРЯЛ, МАПРЯЛ – нуучча тылын, литэрэтиирэтин үөрэтээччилэртүмсүүлэрин – чэрчитинэн уонна өйөбүлүнэн ыытыллар.

Быйылгы кэмпириэнсийэҕэ сэттэ дойдуттан (Арассыыйа, Азербайджан, Казахстан, Польша, Турция, Алжир) 128 киһи ыстатыйа ыытан кытынна. Дойдубут 40 куоратыттан, ордук элбэх үлэ Москубаттан, Санкт-Петербуртан, Элистаттан, Волгоградтан, Уфаттан киирдэ. Икки күннээх кэмпириэнсийэ үс сиринэн тэрилиннэ – Б.Б. Городовиков аатынан Калмыкия үнүбэрсиэтигэр, А.М. Амур-Санана аатынан Национальнай бибилэтиэкэҕэ, Калмыкия Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Дьиэтигэр.

Кэмпириэнсийэ матырыйааллара 400 сирэйдээх хомуурунньук буолан бэчээттэнэн таҕыста (РИНЦ ситимигэр киирэр). Ономастиканан дьарыктанар учуонайдар маннык хайысхаларынан чинчийиилээхтэр: ономастика теорията уонна методиката, киһи анал ааттара, сир-уот ааттара, куорат сирин-уотун ааттара, дьиэ кыылларын ааттара, ономастика алын араҥата (холобур, чалбах ааттара, рекламаҕа туттуллар ааттар, о.д.а.), литэрэтиирэ уонна норуот тылынан уус-уран айымньытын ааттара, итэҕэл эйгэтин ааттара, оскуолаҕа уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар ономастиканы үөрэтии.

Саха сириттэн саха тылын салаатын үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата Егор Револьевич Николаев бэһис төгүлүн бу кэмпириэнсийэҕэ кытынна. Бу сырыыга – «Калмыцкий антропонимикон и якутский язык: лексико-семантические параллели» диэн ыстатыйатынан. Итини сэргэ Нерюнгри куораттан Е.В. Меркель эбэҥки топонимнарын туһунан чинчийиитэ кинигэҕэ киирдэ.

Тэрээһин сылын аайы ыытыллар, куораттан куоракка көһө сылдьар үгэһэ олохтоммут. Элбэх үбү-харчыны, сүүрүүнү-көтүүнү, тэрийэр тэрилтэттэн элбэх учуонай кыттарын эрэйэр буолан, кэнэҕэһин ыытыллар ыырын кэҥэтэр туһунан кэпсэтии бара турар. Холобур, аатын бренд быһыытынан туһанан Арассыыйаатын эрэгийиэннэригэр сыҕарыйыы – Сибииргэ, хотугулуу-илин эҥээргэ.

2023 сыллааҕы кэмпириэнсийэ С.А. Есенин аатынан Рязань үнүбэрсиэтигэр ыытылларын быһаардылар, Рязань учуонайдарыгар көһө сылдьар «Ономастика Поволжья» си бэлиэлээх (символлаах) былааҕы туттардылар.

Кэмпириэнсийэ матырыйаалларын киирэн билсиэххитин сөп.

Авторизация
*
*
Генерация пароля