Меню Закрыть

Багдарыын Сүлбэ уола Ньургун Бүлүү улууһугар сир аатын хомуйда

Бүлүү улууһун сорох нэһилиэктэригэр «Саха түөлбэ тылын, сир аатын туттуллуутун чинчийэр» бырайыак чэрчитинэн балаҕан ыйын 26 күнүттэн алтынньы 1 күнүгэр диэри сир аатын хомуйууга Институт научнай үлэһитэ Багдарыын Сүлбэ уола Ньургун сырытта.

Илбэҥэ, Лөкөчөөн, Хампа, Тааһаҕар, Өкүндү, Кыадаҥда, Сыдыбыл, Чинэкэ, Дьөккөн сэлиэнньэлэрин уонна Бүлүү куорат олохтоохторун, оҕолорун кытта көрсөн кэпсэтии буолла. Үлэ түмүгүнэн 8 нэһилиэк сирдэрин аатын 14 информан суруттарда. Сүнньүнэн саастаах, олохтоох дьон.

Бүлүүгэ аакайдааһын улаханнык биллибэт этэ. Ол эрэн сир аатыгар бу сырыыга аакайдааһын биир тылга (Аччыгый: Аччыгый Лөпчүө, Аччыгый Сыдыбыл уо.д.а.) чопчу туттуллара бэлиэтэннэ. Оччугуй диэбэттэр эбит. Сир аата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллиитигэр Аччыгый Оччугуй буола уларыйбатах.

Иккиһинэн, -лаах сыһыарыылаах өлүктүйбүт, умнуллубут олохтоох ааттар хайа да улууска, нэһилиэккэ бааллара биллэр. Ол курдук бу сырыыга, холобур, Чымчаахтаах, Сэттэминнээх диэн ааттар олохторо болҕомтону тарта. Багдарыын Сүлбэ картотекатын матырыйаалын кытта тэҥниир үлэлэр бараллар.

Үсүһүнэн, сорох нэһилиэктэргэ сир аатын хомуйууга, үөрэтиигэ үлэлэр бараллара бэлиэтэннэ. Холобур, Чинэкэлэр 2020 сыллаахха «Өбүгэлэрбит олорбут сирдэрэ» диэн альбом оҥорон бэчээттээбиттэр. Манна сири ааттаан туран кимнээх ааспыт кэмҥэ олоро сылдьыбыттарын ыйбыттар.

Маны сэргэ оскуола оҕолоругар уонна Бүлүүтээҕи колледж устудьуоннарыгар «Сир аатын чинчийэр үлэ» диэн тиэмэҕэ кылгас бэсиэдэлэри тэрийии буолла. Оҕолор төрөөбүт нэһилиэктэрин сирдэрин аатын төһө билэллэрин ыйыталаһыы түмүгэр сиргэ сылдьар, от-мас үлэтигэр чугас оҕо ахсаана элбэҕэ суоҕа билиннэ.

Түгэнинэн туһанан үлэҕэ, сырыыга көмө-ньыма буолбут дьоммор махталбын тиэрдэбин.

Авторизация
*
*
Генерация пароля