Меню Закрыть

Анатолий Гаврильевич Нелунов төрөөбүтэ 80 сылын туолла

Ссылка на СМИ: https://таатта.рф
Ссылка на страницу: https://таатта.рф/article/91738

Биһиги институппутугар 50 сыл үлэлээбит, Өрөспүүбүлүкэҕэ тыл сокуонун оҥорууга күүскэ үлэлэспит уонна  тыл бэлиитикэтин олоххо киллэриигэ үгүс сыратын биэрбит, саха тылын сомоҕо домохторун дириҥник чинчийбит биллиилээх учуонай, саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын сүрүн ааптардарыттан биирдэстэрэ, эрэдээктэрэ, С.А.Новгородов уонна П.А. Ойуунускай ааттарынан судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара, тыл билимин хандьыдаата Анатолий Гаврильевич Нелунов бу дьыл кулун тутар 2 күнүгэр төрөөбүтэ 80 сылын туолла.

Бу бэлиэ түгэҥҥэ анаан Өрөспүүбүлүкэ сахалыы тыллаах хаһыаттарыгар ыстатыйалар таҕыстылар, Тэтим араадьыйаҕа “Санаа сэргэтэ” биэриигэ биир идэлээхтэрин уонна аймахтара кыттыылаах ахтан ааһыы тэрилиннэ. Үлэлээбит институтугар Анатолий Гаврильевич үлэлэригэр анаан быыстапка көрдөрүүгэ туруорулунна.

Анатолий  Гаврильевич 1972 сыллаахха Тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа институтугар лабараанынан үлэҕэ киирэригэр Быһаарыылаах тылдьыт картотекатын тэрийии үлэтэ саҕаламмыт кэмэ этэ. Онон Тылдьыт үлэтигэр хара саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри үлэлээбит дьоннортон биирдэстэрэ.  Кини бу институкка 1972 сылтан харыс да сири халбарыйбакка үлэлээбитэ 2022 сыллаахха 50 сылын туолуохтаах этэ. Лабараантан саҕалаан Институт дириэктэрин билим чааһыгар солбуйааччыга тиийэ үүммүтэ (1991-1998). 1998 сыллаахтан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри Улахан быһаарыылаах тылдьыты оҥорууга илиитин араарбакка, онтон Монгуоллуу-нууччалыы-сахалыы тылдьыкка ылсыһан, ити үлэҕэ күүскэ киирсиһэн үлэлээн испитэ.

Анатолий Гаврильевич Тылдьыкка үлэтин таһынан, саха тылын биир саамай этигэн, хомоҕой араҥатын сомоҕо домохтору анаан чинчийиигэ суолу арыйбыта. Уопсайа кини 120 тахса научнай үлэлэри, олор истэригэр 15 кинигэни суруйан хаалларда. Түүр тылларыгар өссө да тахса илик, түүрдэр эйгэлэригэр үрдүктүк сыаналаммыт 5 тыһыынчаттан  тахса тыллаах, өр кэмнээх үлэтин түмүгүн сахалыы-нууччалыы саха тылын толору сомоҕо домохторун тылдьытын бэлэмнээн таһаарбыта. Бу аҥаардас  билимҥэ эрэ буолбакка, саха норуотун духуобунай-култуурунай олоҕор улахан суолталаах үлэ.

1991-1998 сылларга Институт дириэктэрин наукаҕа солбуйааччынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ити кэмнэргэ Арассыыйа үрдүнэн сөҕүмэр суолталаах дьаһалларынан 1991 сыллаахха  ылыныллыбыт “Арассыыйа норуоттарын тылларын туһунан” декларация уонна “Российскай Бэдэрээссийэ норуоттарын тылларын туһунан” сокуон буолбуттара. Бу докумуоннар сүрүн балаһыанньаларынан, Арассыыйа норуоттарын тыллара бүтүн дойду национальнай баайа, устуоруйатын, култууратын уратылара буолалларын быһыытынан, кинилэри харыстааһын уонна салҕыы сайыннарыы судаарыстыба көмүскэлигэр киирбиттэрэ. Онон саха тыла саҥатык сыаналанар, саҥа тыыны ылынар кэмигэр Анатолий Гаврильевич Институт дириэктэри солбуйааччытынан үлэлии олорон,  Тыл сокуонун барылын оҥорууга  күүстээхтик үлэлэспитэ. Бу үлэ түмүгэр 1992 сыллаахха алтынньы 16 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү сэбиэтэ “Өрөспүүбүлүкэҕэ тыллар тустарынан” сокуону ылыммыта, саха тыла нуучча тылын сэргэ судаарыстыбаннай ыстаатыстаммыта. Бу сокуон олоххо киирэригэр билим ситиһиилэригэр олоҕурбут судаарыстыбаннай бырагырааманы уонна кэнсиэпсийэни  бэлэмнээһин наада буолбута уонна эмиэ  Гуманитарнай чинчийии институтугар сүктэриллибитэ.  Онон бу улахан суолталаах үлэни (кэнсиэпсийэ сүрүн балаһыанньаларын, үлэ сүрүн хайысхаларын)  Анатолий Гаврильевич Институт дириэктэрин солбуйааччы, Институт тылга үлэтин иилээччи-саҕалааччы быһыытынан, академик Петр Алексеевич Слепцовтуун тэрийэн элбэх киһини кытыннаран ыыппыттара.

Маны таһынан, тылбыт инникитин сайдарыгар, туруга чөл буоларыгар биир олус суолталаах дьаһалынан, 1996 сыл олунньу 9 күнүгэр С.А.Новгородов төрөөбүт күнүн (олунньу 13 күнүн) «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэрэр туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин ыйааҕа тахсыбыта буолар. Биһиги бу ыйааҕы төрөөбүт тылбыт, духуобунай култуурабыт сайдыытыгар саҥа кэрдиистэри арыйар, норуоту сомоҕолуур улахан суолталаах  дьаһал быһыытынан билинэбит. Онон, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Тыллар сокуоннара» ылыллыаҕыттан ылата отут сыл ааспыт буоллаҕына, ити кэм иһигэр билим үлэһиттэрэ, чуолаан РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын чинчийэр Институт салалтата көҕүлээн араас хайысхалаах,  инникигэ суолталаах, кэлэр кэнэҕэс ыччаттарбытыгар туһалаах үлэни ыыппыттара.

Онон, көстөрүн курдук тылбыт сайдыытын туһугар ыытыллыбыт историческай суолталаах үлэлэр Анатолий Гаврильевич Институт дириэктэри солбуйааччынан үлэлии олорор кэмигэр ыытыллыбыттар эбит диэн сыаналыахха сөп. Институт тылга сыһыаннаан ыытар үлэлэрин барытын кэриэтэ кини иилээн-саҕалаан салайбыта. Анатолий Гаврильевич СӨ Тыл бэлиитикэтин сэбиэтигэр 1993 сыллаахха тэриллиэҕиттэн бу дойдуттан барыар диэри  тохтообокко үлэлээбитэ. Олоххо мэлдьи актыыбынай сыһыаннаах, ийэ тылбыт туругун, сайдыытын уустук боппуруостарын учуонай да, патриот да быһыытынан чугастык ылынар, бэйэтин ыллыктаах санааларынан күүс-көмө буолар киһибит этэ.

Таба суруйуу тылдьыттара саҥардыллан тахсыыларыгар редколлегия бэрэссэдээтэлин быһыытынан эмиэ улахан үлэни ыыппыта.

Үөһэ этиллибитин курдук, Анатолий Гаврильевич олоҕун үтүө кэмнэрин Институт биир саамай улахан бырайыагын – “Саха тылын Улахан быһаарыылаах тылдьытын” оҥорууга анаабыта. Бу үлэни саҕаласпыт уонна бүтүөр диэри тулуурдаахтык, дьүккүөрдээхтик үлэлэспит дьоннортон биирдэстэрэ этэ. Тылдьыты оҥорууга сыстан үлэлээн эрэр саҥа саҕалааччылар Анатолий Гаврильевич оҥорбут салалта суругунан үлэлээбиппит. Тылдьыт 15 туомуттан 8-гар ааптар. Кини суруйбут ыстатыйалара мэлдьи даҕаны саҥа үлэлээн эрэр ааптардарга холобур курдук буолаллара. Тылдьыты оҥорууга көстүтэлиир араас уустук түгэннэртэн хайдах быыһанан тахсар ньымалары олус бэркэ тобулан таһаарара. Дьиҥнээх үрдүк кылаастаах лексикограф этэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Төрөөбүт тылын ымпыгын-чымпыгын, суолтатын ис дьиҥин, дэгэтин, толбонун дириҥник билэр буолан, кини быһаарыылара ураты чуолкай, чопчу, тыл суолтатын сыыс тыла суох уот харахха ойуулуур курдук буолаллара.  Бэйэтин ыстатыйаларыгар эрэ буолбакка, атын ааптардар үлэлэригэр эмиэ ирдэбиллээх, Тылдьыт солбуллубат эрэдээктэрэ этэ.

Улахан тылдьыт 46 сыл үлэлэнэн 2018 сыллаахха ситиһиилээхтик түмүктэммитэ. 2019 сыллаахха тылдьыты оҥорооччулар Тылдьыппытын Казахстан наукаларын академиятын Тыл үөрэҕин институтун тэрийиитинэн бастакы улахан сүрэхтээниитин үрдүк таһымҥа ыыппыппыт.

Анатолий Гаврильевыһы киһи быһыытынан ахтар буоллахха, хайа баҕарар кэллэктиипкэ үлэни таһынан олорон сэһэргэһии, кэпсэтии, араас боппуруостары быһаарсыы баар буолааччы. Итинник кэпсэтиилэр үлэҕэ-хамнаска эмиэ туһалаах буолааччылар. Маннык түгэннэргэ Анатолий Гаврильевич куруук болҕомто киинигэр буолара, билэрэ-көрөрө, кэпсиирэ-ипсиирэ, үөрэрэ-көтөрө киниэнэ барыта хайдах эрэ ураты курдуга. Анатолий Гаврильевич үлэлиир кэллэктиибин олус сөбүлүүрэ. Ону аһаҕастык этэр да этэ. “Үлэбэр олох бырааһынньык курдук кэлэбин”, –  диирэ. Тылдьыты оҥорооччулар элбэхтик айылҕаҕа да сылдьарбыт, араас ыалдьыттары олус бэркэ көрсөрбүт. Онтубут үлэбитигэр да туһалаах курдук буолара.

2018 сыллаахха үйэ аҥаара кэмҥэ оҥоһуллубут Улахан тылдьытыппытын түмүктээбиппит. 2020 сыллаахха Анатолий Гаврильевич өр кэмнээх сыралаах үлэтэ тиллэн, сыаналанан СӨ П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта. Улахан тылдьыт кэнниттэн бу дойдуттан барыар диэри Институт биир эмиэ улахан бырайыагар “Монгуоллуу-нууччалыы-сахалыы тылдьыты” оҥорууга ылсан үлэлэһэ сылдьыбыта. “Бу тылдьыт саха норуотун устуоруйатыгар, монгуоллары кытта сибээскэ туох эмэ саҥаны этиэн сөптөөх”, – диэн улаханнык эрэнэрэ. Анатолий Гаврильевич научнай үлэтин таһынан, общественнай үлэҕэ куруук көхтөөхтүк кыттара. Э.К.Пекарскай аатынан Игидэйдээҕи орто оскуолаҕа солбуллубат научнай салайааччы этэ. Элбэхтик көмөлөһөрө, учууталларга анаан араас семинардары ыытара.

Анатолий Гаврильевич сахалыы сайаҕас майгытынан, эйэҕэс сыһыанынан бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэригэр улахан аптарытыатынан туһанар Институт биир туруу үлэһитэ этэ. Кини баара буоллар, быйыл кулун тутар 2 күнүгэр 80 сааһын туолуохтааҕа.

Анатолий Гаврильевич туһунан сырдык санаа кини бииргэ алтыспыт, үлэлээбит дьонугар, доҕотторугар, атастарыгар  үтүө өйдөбүл буолан өйбүтүгэр,. санаабытыгар хаалыаҕа.

Владимир Дмитриевич Монастырев,

тыл билимин хандьыдаата.

Авторизация
*
*
Генерация пароля