Меню Закрыть

«Үгүлээт фольклора» хомуурунньук туһунан тыл билимин хандьыдьаата Айталина Ахметовна Кузьмина сыанабыла

Тыл билимин хандьыдаата Ангелина Афанасьевна Кузьмина «Үгүлээт фольклора» диэн хомуурунньуга таҕыста. Бу хомуурунньукка Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин кырдьаҕастара кэпсээбит норуот тылынан уус-уран айымньылара киирдилэр. Эргэрбит, түөлбэ уонна харыс тыллар хомулуннулар, кылгас тылдьыт оҥоһулунна.

Хомуурунньук фольклору үөрэтэр, сэҥээрэр ааҕааччыга ананар.

 

Кузьмина Айталина Ахметовна, тыл билимин хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар институтун фольклор уонна литература салаатын үрдүкү научнай үлэһитэ

– Ангелина Афанасьевна Кузьминаны Кыым” хаһыакка үлэлии сылдьыаҕыттан сэргэх ыстатыйаларын, интервьюларын ааҕан-истэн билэр этим. Онтон аспирантуратын бүтэрэн тылга кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Ааппыт инициаллара майгыннаһар буолан, аны научнай ыстатыйаларбытын ааҕан дьон буккуйар да буолан барбыта, “дьэ, бэрт ыстатыйаны суруйбуккун”, “кинигэҥ тахсыбытынан эҕэрдэлиибин” да диэн соһутааччылар. Кини билигин Былатыан Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр научнай үлэһитинэн үлэлиир, онон алтыһарбыт да элбээтэ.

Бүлүү улууһун түгэх сытар Үгүлээт нэһилиэгэ ураты историялаах, тыллаах-өстөөх, дьарыктаах, фольклордаах түөлбэ быһыытынан уруккуттан биллэр. Бүлүү сүнньүн уонна хоту дойду сахаларын, эбэҥкилэрин култуураларын алтыһыытын түмүгэр үөскээбит, нууччалыы тылынан “пограничнай”, “переходнай” култуура диэн быһаарыахха сөптөөх.

Ону сэргэ, бу дойдуттан А.А. Попов, П.Е. Ефремов курдук Арассыыйа таһымнаах улахан фольклористар, этнографтар үөскээн-төрөөн наукаҕа сүдү кылааттарын киллэрбиттэрэ. Онон Үгүлээт фольклорун туһунан кинигэ тахсыбыта дириҥ силистээх-мутуктаах, төрүөттээх.

“Үгүлээт фольклора” диэн хомуурунньукка Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин ытык кырдьаҕастарыттан, уус тыллаахтарыттан хомуйбут, кинигэттэн, архыыптан булбут норуот тылынан айымньыларын эргэрбит, түөлбэ, харыс тыллары быһаарыыны, ыстатыйалары, ырытыылары киллэрбит.

Хомуурунньукка Е.М. Алексеева (1923 с.т.), И.И. Афанасьев (1940 с.т.), Д.Х. Егорова (1910 с.т.), В.И. Лебедкин (1928 с.т.), А.П. Маисова (1930 с.т.), С.С. Маисов (1936 с.т.), Е.П. Павлова (1929 с.т.), С.К. Петрова (1957 с.т.), Д.А. Сабардахова (1938 с.т.), Т.Н. Спиридонова (1931 с.т.), А.Т. Федоров (1929 с.т.), П.В. Харлампьев (1926 с.т.), Ф.В. Харлампьева (1923 с.т.) уо.д.а. кэпсээннэрэ, үһүйээннэрэ, таабырыннара, өс хоһоонноро, алгыстара, ырыалара, үҥкүүлэрин тыла, А.А. Попов, П.Е. Ефремов, С.И. Боло, Е.Д. Христофоров суруйуулара бу тиһиллэн, Үгүлээт түөлбэтин фольклорун үйэтитэллэр.

Онон ийэ тылбытын, тылынан уус-уран айымньыбытын харыстыырга дьоһуннук үлэлии сылдьар дьоммутун таба көрөн бэлиэтиир, киэҥ эйгэҕэ биллэрэр наада. Ангелина Афанасьевна өссө да таһаарыылаахтык үлэлии турдун, элбэх дьону, ыччаты түмэр дьоҕурун сайыннаран улахан хамсааһыны оҥордун диэн баҕа санаабын этэбин.

Авторизация
*
*
Генерация пароля